top of page

Заголовок 1

САХАБЫТ СИРИГЭР - ХОМУС КҮНЭ

Хомус күнэ- Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэлиэ күнэ. 
Ил Дархан Егор Борисов,  2011 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр  "Хомус күнэ" сэтинньи 30 күнүгэр бэлиэтэнэр. 

(А. Е. Кулаковскай.) Хомус - Олоҥхо дойдутун духуобунай култууратын бэлиэтэ. Сүүстэн тахса дойдуга тарҕаммыт ,хомус 162 араас көрүҥэ баар. 

Хомус- былыргы сахалар музыкальнай инструменнара  буолар. 
Хомус  алыптаах дор5оонноро - эмтиир ,эти-сиини бо5орготор кыахтаах. 

Хомус тыаьа- алгыстаах, алыптаах. 

Хомус тыаьа- эмтиир, дьайтан -дьантан ыраастыыр аналлаах, айар кутар оноьуулаах, сырдыкка-кэрэ5э таьаарар суолталаах. 

 

Бу күн Мэлдьэхсибит нэһилиэгин олохтоохторо  Иннокентий Константинович Сидоров "Өрөгөй ырыата-Мэлдьэхси" гимн матыыбыгар олоҕуран хомус челленджка көхтөөх кыттыыны ыллылар. Хомусчуттарбытыгар, оператордарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.

 

Дууһаны долгутан дьүрүһүй,

Хомоҕой тыллаах хомуһум!

Дууһаны долгутан дьүрүһүй,

Хомоҕой тыллаах хомуһум!

Хомуһум, хомуһум,

Хомуһум, дьүрүһүй, хомуһум!

"Дьүрүһүй, хомуһум" ырыаттан

И.Слепцова тыл. А. Меркулов мел.

bottom of page