top of page
84876908_122816232591124_8368736861358653440_o.jpg

ВИКТОРИНА

Өбүгэ саҕаттан саха эр киһитэ киэҥ тайҕаны, хара тыаны кэрийэ сылдьан бултаан – алтаан өттүк харалаах, илии тутуурдаах, кунду бэлэхтээх алаһа дьиэтигэр, кэргэнигэр, оҕолоругар төннөрө.

Бу үгэс бүгүҥҥү күҥҥэ диэри умнулла илигиттэн үөрэн туран, эр дьоммутугар, аҕаларбытыгар викторина оонньотобут:

 

1. Куруппааскы хааһа эрдэ кытардаҕына саас хайдах буоларый?

2) Чыычаах сымыыта элбэх сайыныгар туох буоларый?

3) Тииҥ аһылыгын  мас аллараа өттүгэр хаһааммыт буоллаҕына хайдах кыһын буоларый?

4) Айылҕа туйахтаах кыылларын бултуурга быстах кэмнээх бобууну туох ааттыылларый?

5) Эһэ буорга хаампыт суолугар тарбаҕа сарайбыт буоллаҕына ол аата тугуй?

6) Куобах көтөҕө түһэр кэмигэр ханна саһарый?

7) Тайах муоһа хаһан түһэрий?

8) Сүүрдэҕинэ кэлин атаҕын иннигэр түһэрэр сүүрүк аата?

9) Куобах дириҥ хаарга тоҕо батары түспэтий?

10) Саха сиригэр кыстыыр, мутукча аһылыктаах, тэлээрэн көтөр кыыл аата?

11) Бөрөлөр кыһын тоҕо үөрүнэн сылдьалларый?

12) Саамай элбэх оголоох ханнык кыылый?

13) Куобах саас хойутаан түүлээтэҕинэ саас хайдах буоларый?

14) Ханнык кыыл түөртэ төрүүрүй?

ЭППИЭТТЭРЭ

1.саас эрдэ кэлэр.

2.сайын куйаас буолар.

3.сылаас кыһын буолар.

4. Төрүүр ууһуур кэмнэрэ.

5.кырдьаҕас эһэ

6.дулгалаах сиргэ сытар.

7.кыһын.

8.атара сэлиилээх ат дэнэр.

9.кэнники атаҕа хаарга уурара улахан 10.Маскаалай.

11.биир үөр,ийэ   ууһа   

12.кырынаас.

13.саас уһуур.

14.Бэдэр.

bottom of page